Перейти к содержимому
Быраканская сельская библиотека
678248, с. Быракан, ул. Васильева, д. 35
vvlib_9@mail.ru
Войти в личный кабинет
Главная
Новости
Мероприятия
Документы
Для сотрудников.
Для читателей
отчеты о деятельности.
Menu
Главная
Новости
Мероприятия
Документы
Для сотрудников.
Для читателей
отчеты о деятельности.
Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө “Кыайыы чорооно”
Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө “Кыайыы Чорооно” ыраах Туобуйа нэһилиэгиттэн Быракаан нэһилиэгэр кэллэ. Туобуйа нэһилиэгин аҕа баһылыга Лазарев Гаврил Григорьевич 2 киһилээх делегацията Быракаан нэһилиэгин олохтоохторугар Муус устар 10 күнүгэр үөрүүлээх быһыыга – майгыга “Кыайыы Чороонун” Быракаан нэһилиэгин дьаһалтатын сүрүннүүр специалиһыгар Николаев Никифор Никифоровичка туттарда. Нэһилиэк олохтоохторо, оҕолор үөрэн – көтөн, долгуйан туран көрүстүбүт. Улуу кыайыыны уһансыбыт дьоммутунан киэн туттабыт!. Кинилэр ааттара үйэлэр тухары, көлүөнэттэн – көлүөнэҕэ иҥэн сылдьыахтара. Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!