
Эмньик кулун буоланнар,
Эриэккэс эҕэрдэ тылларбыт
Эдэр саас илдьитэ буоланнар
Эйиэхэ тиийдиннэр,
Эҕэрдэ эттиннэр.
Эн иитэлээн таһаарбыт,
Эн идэҕинэн уһаарбыт
Элбэх үгүс уолаттарыҥ,
Эдэр ыччат кыргыттарыҥ
Элбэх араас идэлээхтэр,
Эҥкилэ суох үлэлээхтэр.