Дьиэ кэргэн – Аан дойду тулхадыйбат төрдө, омук сайдар кэскилэ. Дьиэ кэргэн бигэ туругуттан, чөл олоҕуттан бүтүн норуот олоҕо тутулуктаах. Дьиэ кэргэҥҥэ иитиллэн тахсаллар норуот инники кэскилэ – ыччаттарбыт. Дьиэ кэргэн – судаарыстыба тирэҕинэн буолар. Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнүнэн эҕэрдэлиибин! Алаһа дьиэҕитигэр ил – эйэ эрэ уйаланнын.

тиийэн кэлэбин дьиэ кэргэммэр
манна мин уоскуйан өрө тыынабын,
хайа да сиргэ сырыттарбын
өрүү чугас дьоммун саныыбын,